Иһинээҕитигэр көс

Асылы күөл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Асылы күөл

Асликуль(был.Асылыкуль; был.Асли-Куль; башк. Асылыкүл) - Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин саамай улахан күөлэ. Давлеканово куораттан хотугулуу-арҕаа хайысхаҕа 27 км.тэйиччи сытар. Белебеевскмй үрдэл хотугулуу-илиҥҥи салааларын икки ардынааҕы киэҥ аппаҕа:Табулак, Улу-Карагач, Улутау, Бэлекей-Карагач, Большой Нор, Малый Нор, Зайтуляктау хайаларынан төгүрүктэнэн сытар. Күөл карст араҥата иһирдьэ түспүтүттэн үөскээбит. Хаар, ардах ууларыттан уонна сир аннынааҕы уулартан "аһыыр". Күөл уута кыра туустаах, минеральнай састааба үрдүк. Күөл иэнэ - 23,5 кб.км., устата - 7км., кэтитэ - 5 км. Орто дириҥэ - 5,1 м. Муора таһымыттан үрдүгэ - 221 м. Күөл онно Улуктау, Тубулдак, Улу-Карагач, Белекей-Карагач уонна сырт Ташлы-Тау Уфимскай дьаарыс карбонатнай песчаниктаах төбөлөрүн икки ардыларыгар сытар. Соҕуруу кытыла, балачча туруору сирэйдээх, үрдүгэ 210 м-тэн 370 м.диэри. Сирэйин илин өттө булкаас ойуурунан, орто чээрэтэ - эдэр тиит уонна бэс олордуу ойуурунан үүммүт. Күөл иннигэр кытыл ити сирэйэ 50-300 м.кэтиттээх, уу таһымыттан 10-30 м.үрдүктээх террасаҕа кубулуйар. Ити сирэй, күөл диэки хайысхалаах элбэх аппалардаах. Арҕаа, хотугу уонна илин кытыллара уу ньуурун таһымыттан 5-25 үрдүктэр. Уутун хомуйар сирин оҥоһуутугар, үөһээ перм известняктаах, туойдаах уонна сиэрэй, сырдык-сиэрэй известняк араҥаларын кытта солбуһар дьапталара кыттыһаллар. Аллараа, сир тэн 130-150 м.үрдүккэ, Кунгурскай дьаарыс гипсово-ангидритовай туустаах уонна ангидритово-доломитовай араҥалара сыталлар. Күөл кытылларыгар дэриэбинэлэр: Бурангулово, Купоярово, Янги-Турмуш уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр комплекстар бааллар. Күөл үүнээйитэ:хомус, рогоз уонна тростник үүнэллэр. Тулалыы липа, дууп, хатыҥ булкаастаах ойуурдар, типчак уонна ковыль үүнэр истиэптэриниин кыттыһаллар, ону кытта кытыл устун солончактаах хонуулар тэнийэллэр.19 үйэ бүтүөр диэри Асылы күөлү тула үчүгэй микроклиматы үөскэтэр мутукчалаах ойуур, талахтар үүнэллэрэ. Ол эрээри ойууру олохтоохтор кэрдибиттэр. Бүтэһик тиити, 1951 сыллаахха, Янги-Турмуш дэриэбинэ таһыгар охторбуттар. Онон тиит мас сүппүт. Күөлгэ уонна кини тулатыгар, араас чыычаахтар, көтөрдөр уйаланаллар, айан көтөрдөрө тохтоон ааһаллар: кустар, хаастар, кубалар, пеганкалар, ону кытта элбэх ырыаһыт чыычаахтар бааллар. Күөлү чугаһыгар сытар сиргэ араас кыыллар, кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэр бааллар. Ол ковыль красивейший, ковыль перистый, тонконог жестколистный, рябчик русский, венерин башмачок настоящий, чина Литвинова, флокс сибирский, гвоздика иглолистная, терексен татарский, клаусия солнцелюбивая. Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыллартан:обыкновенный аполлон, степная дыбка, чернозобая европейская гагара, казарка краснозобая, сапсан бааллар. Асылы күөлгэ балык араас көрүҥэ:плотва, щука, окунь, судак, налим, карп, сазан, линь, сиг, рипус уо.д.а. https://greenexp.ru/places/%D0%9E%D0%B7%D0%B5%D1%80%D0%BE_%D0%90%D1%81%D0%BB%D0%B8%D0%BA%D1%83%D0%BB%D1%8C https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D1%81%D0%BB%D0%B8%D0%BA%D1%83%D0%BB%D1%8C