Иһинээҕитигэр көс

Каменка (Молдова)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Camenca
Flag of Camenca
Flag
Coat of arms of Camenca
Coat of arms
Координаталара: 48°01′55″ с. ш. 28°41′52″ в. д. / 48.03194° с. ш. 28.69778° в. д. / 48.03194; 28.69778 (G) (O)
Дойду Flag of Молдова Молдова (Приднестровье)
Бастакы ахтыллыыта
Cалалтата
 - Баhылык уонна губернатор Карауш Владимир Степанович
Олохтоохторо
 - Total 13 000

Каменка (молд. Camenca/Каменка, укр. Кам'янка, нууч. Каменка) — Молдова (Приднестровье) куората. Каменскай оройуон киин куората.

Куорат Днестр өрүс уҥа кытылыгар.

Олохтоох дьонун ахсаана, бүтэһик 2004 сыллааҕы сурутуу түмүгүнэн[1]:

Омуктарынан:

  • молдаваннар — 5 288 (51,23%)
  • украинецтар — 3 476 (33,67%)
  • нууччалар — 1 305 (12,64%)
  • белорустар — 61 (0,59%)
  • болгардар — 35 (0,34%)
  • гагаузтар — 32 (0,31%)
  • ниэмэстэр — 23 (0,22%)
  • еврейдэр — 8 (0,08%)
  • атын омуктар — 95 (0,92%)

Куорат билиҥҥитэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Олохтоохторун үгүс өттө тутууга уонна урбааҥҥа үлэлииллэр, кэтэх хаһаайыстыбалаахтар. Оҕуруот аһын кэнсиэрбэлиир собуот баар. Каменкаҕа биллэр курорт комплекса баар — «Днестр» санаторий. Экэниэмикэ сүнньэ — тыа хаһаайыстыбата, урбаан.

Устуоруйа краеведение түмэлэ үлэлиир.

3 орто уонна биир начальнай оскуола баар. Политехническэй техникум винограды үүннэрэр, сири таҥастыыр, тутуу, плодоводство уонна ойуур хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин үөрэтэн таһаарар.

Приднестровье атын куораттарын кытта Каменка автобус маршруттарынан ситимнээх. Билигин үлэлээбэккэ турар аэропорт баар.

2005 сыллаахтан сылын ахсын алтынньы иккис аҥарыгар Каменка санаторийга[2] «Kam Art» диэн ааттаах худуоһунньуктар симпозиумнара ыытыллар [3].

.

Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
Каменка (Молдова) Биики Хааһахха