Иһинээҕитигэр көс

Пхукет

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Пхуке́т (тайск. ภูเก็ตМФА быраабылатынан [pʰuːkèt] диэн саҥарыллар), урукку Европа каарталарыгар Тхала́нг (тайск. ถลาง), Джанк Сейлон (ааҥл. Junk Ceylon) уонна Джен Сайлен (ааҥл. Jan Sylan)[1] диэн ааттанар — арааһа малаай тылыттан tanjung Salang, ол аата ‘Саланг тумул’[2], —  Таиланд соҕуруу провинцияларыттан (чангваат) биирдэстэрэ. Кинилиин ( чаһы стрелкэтинэн хотуттансаҕалаан аахтахха) быысаһаллар Пхангнга́ уонна Краби́ провинциялар. Пхукет — арыы, онон атын провинциялары кытта сиринэн быыһаспат.

Пхукет  Таиланд, арҕаа кытылыгар, Андаман муоратыгар (Индия океана) баар. Пхукет чугас сытар Сингапуртан кыра, Таиланд саамай бөдөҥ арыыта. Хоруоллук атын провинцияларын кытта үс күргэннэн ситимнэһэр. Былыр былыргыттан атыы-эргиэн киинэ. Хорҕолдьуну хостууллар уонна каучугу оҥороллор этэ. Ииндийэ уонна Кытай ыккардыларыгар муораннан сылдьыһыы суолун ортотугар сытар буолан былыргыттан португалия, француз, голландия уонна англия атыыһыттарын сурунаалларыгар ахтыллар. Билигин провинция дохуотун сүрүн чааһын туризм хааччыйар.

Тоҕус үрэхтээх: Кхлонг-Ба́нгъяй (тайск. คลองบางใหญ่), Клонг-Тха́чин (тайск. คลองท่าจิน), Кхлонг-Тхары́а (тайск. คลองท่าเรือ) уонна Кхлонг-Ба́нгрон (тайск. คลองบางโรง). Олортон биирдэрэ да бөдөҥө суох.[3]

 Пхукет кумахтарын уонна арыыларын каартата

Дьаһалтанан тыырыллыыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Пхукет провинциялара

Пхукет провинциятыгар үс оройуон (ампхе) кирэр, олор,  17 тыа сирдэригэр (тамбон) арахсаллар, 103 дэриэбинэ (мубан) баар


п.п.

ампхе аата
Иэнэ, км²[4] Нэһилиэнньэтэ, киһи.[5]
1 Киин ампхе Пхуке́т (тайск. อำเภอเมืองภูเก็ต; ааҥл. Amphoe Mueang Phuket) 224,0 208 544
2 Катху́ (тайск. ออำเภอกะทู้; ааҥл. Amphoe Kathu) 67,09 46 739
3 Тхала́нг (тайск. อำเภอถลาง; ааҥл. Amphoe Thalang) 252,0 80 630
Ват-Чало́нг хараам
  1. Llewellyn Styles Dawson, Memoirs of Hydrography: including brief biographies of the principal officers who have served in H. M. Naval Surveying Service between the years 1750 and 1885 (1883), стр. 19; Google Books
  2. Smithies, Michael (2002), Three military accounts of the 1688 «Revolution» in Siam, Itineria Asiatica, Orchid Press, Bangkok, ISBN 974-524-005-2, стр. 179
  3. География острова Пхукет(нууч.).
  4. Пхукет арыы эрэ, провинция атын арыыларын аахпакка эрэ.
  5. В соответствии с данными Центрального регистрационного бюро Министерства внутренних дел Таиланда по состоянию на 31-е декабря 2012-го года. http://stat.bora.dopa.go.th/stat/y_stat55.html