Иһинээҕитигэр көс

Хотугу Хапхаас норуоттара

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хотугу Хапхааска 18 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олорор. Ити Арассыыйа нэһилиэнньэтин 12% ылар. Краснодарскай кыраайга уонна Ростов уобалаһыгар нэһилиэнньэ 3/5 олорор. 50-ҥа тиийэ араас омук олохсуйан олорор. Предкавказье хочотугар сүрүннээн нууччалар олороллор. Бастаан хаһаахтар көһөн кэлэн Доҥҥа, Тереккэ, ону тэҥэ Кубааҥҥа олохсуйбуттара. Хаһаахтар төрүт дьарыктарынан булт, балыктааһын, тойон ыҥырыаны иитии буолара. Кэлин сүөһү иитиитэ, сир оҥоруута баар буолбута. Кубаан, Терек хаһаахтарын удьуордара билигин да Предкавказье нэһилиэнньэтин балачча өттүн ылаллар. Хайаҕа нэһилиэнньэ үгүс өттө - хапхаас тыллаах норуоттар олохсуйан олороллор. Арҕаа өттүгэр - абхаас-адыг бөлөҕөр киирсэр норуоттар - адыгтар, черкестэр, кабардинецтар, ону тэҥэ абазиннар, илин өттүгэр - нахскай-дагестанскай бөлөх норуоттара бааллар. Нахскай хос бөлөххө чеченнэр, ингуштар; дагестанскай бөлөххө авардар, даргиннар, лезгиннэр, лактар о.д.а. кыра ахсааннаах норуоттар киирэллэр. Адыгейскай норуоттартан соҕуруу диэки Хапхаас хайатын эниэтигэр манна хойутуу көһөн кэлбит түүрк тыллаах омуктары кытта булкуспут норуоттар олороллор. Кинилэргэ карачаевецтар, балкардар уонна ногаецтар (Куматтан соҕуруу диэки кураайы истиэпкэ олороллор) киирсэллэр. Хотугу Хапхаас хайалаах оройуоннарын киин оттүгэр иранскай бөлөххө киирсэр норуот - осетиннар бааллар. Осетиннар сорохторо Хапхаас сис хайатын кэтэҕэр Грузияҕа киирэр Соҕуруу Осетия автономнай уобалаһыгар олороллор. Хотугу Хапхаастааҕы хайа норуоттара европеоиднай араас хапхаастыы тиибигэр киирсэллэр. Ити норуоттарга барыларыгар мусульманскай итэҕэл баһыйар, арай осетиннар православнай итэҕэллээхтэр.

Олохторо-дьаһахтара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ааспыт кэмҥэ олохтоох дьон дьарыга үкугэр айылга усулуобуйатыттан тутулуктаах буолара. Хайа иннинээҕи оройуоҥҥа, намыһах хапталга олорбут норуоттар (холбур, адыгтар) сир оноһуутунан дьарыктаналлара - сэлиэһинэй, кукуруза ыһаллара, саад үүннэрэллэрэ. Хайалаах оройуон олохтоохторо хорутуллар сирдэрэ тиийбэт этэ, хайа эниэтигэр кыракый бааһына оҥостоллоро, сороҕор онно буору атын сиртэн аҕвлвн куталлара. Күүстээх ардахтан үүнээйи өлүөн, бааһына буора бүтүннүү суураллан хаалыан сөптөөҕө. Хайа үгүс олохтооҕун сүрүн дьарыга сүөһү иитиитэ буолара. Сүрүннээн барааны, козаны иитэллэрэ, олор хайаҕа мэччийэн аһыыллара. Тыа сирин сэлиэнньэтэ - аул - дэхси сирдээх учаастакка ордук хойуу. Онно улахан симии буор эбэтэр саман (соломолоох туойтан оҥоһуллубут сиикэй кирпииччэ) дьиэлэр бааллар. Хайа олохтоохторун дьиэлэрин үксэ - сакля - таас истиэнэлээх, хаптаҕай сарайдаах тутуу буолар. Сороҕор итинник сарайы кыра олбуор курдук туһаналлара. Хапхаас норуоттара былыр-былыргыттан маһы, тааһы кыһан, тимири эллээн оҥорор, тириини таҥастыыр, көбүөр өрөр, оһуордуур дьарыктаахтар.